Уроки по Joomla 3 можно найти здесь: http://joomla3x.ru/
Пятница, 01 марта 2024 14:19

"Социальная педагогика в школе: традиции и инновации"

WhatsApp Image 2024 03 01 at 09.56.44Бэҕэһээ, олунньу 29 күнүгэр, "Социальная педагогика в школе: традиции и инновации" диэн Чурапчы улууһун  социальнай педагогтарын сэминээрэ А.П. Илларионов аатынан Хаяхсыт орто оскуолатыгар  үрдүк таһымҥа ыытылынна. Бу күн улуустааҕы сэминээргэ мустубут педагогтар биир идэлээхтэриниин алтыһан, үлэҕэ үөрүйэхтэрин үллэстэн, инники айымньылаах үлэлэригэр үгүс сонун идиэйэлэри сомсон, бэркэ астынан-дуоһуйан тарҕастылар. 

Вторник, 27 февраля 2024 15:58

Уһуйаан саастаах оҕолорго улуустааҕы  «Чобуо чооруостар - 2024»    дорҕоонноохтук ааҕыы күрэҕин түмүгэ

WhatsApp Image 2021Чурапчы улууһун үөрэҕин салалтатын уонна Н.Д Субуруускай аатынан Болтоҥо орто оскуолатын тэрийиилэринэн сыллата ыытыллар "Чобуо чооруостар -2024" уус-уран хоһоону дорҕоонноохтук ааҕыы кэтэхтэн күрэҕэ түмүктэннэ. Улуустааҕы "Боотур Уус сыдьааннара" бырагыраама уонна төрөөбүт тыл, сурук-бичик күнүн чэрчитинэн ыытыллыбыт быйылгы ааҕыылар Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Оҕо саас, Болтоҥо нэһилиэгиттэн төрүттээх суруйааччылар Г.И.Макаров-Дьуон Дьаҥылы 110, С.А.Попов-Сэмэн Тумат 80 үбүлүөйдээх сылларыгар ананна.

Четверг, 22 февраля 2024 15:04

Сивцев Игорь Васильевич номинант республиканского конкурса "Учитель -профессия мужская"

WhatsApp Image 2024 02 22 at 12.38.03 121-22 в г февраля в Вилюйском улусе прошел республиканский конкурс "Учитель -профессия мужская". Конкурс проводится с целью повышения престижа профессии учителя и привлечения внимания к роли мужчин в образовании. Конкурс собрал 19 участников из разных улусов. Чурапчинский улус представил Сивцев Игорь Васильевич, учитель информатики Чурапчинской гимназии имени С.К. Макарова. 

Четверг, 15 февраля 2024 14:39

Хомус куода" бырайыак Чурапчы улууһугар

photo 5364281309821784778 yОлунньу 12-14 күннэригэр Ил Дархан гранын кыайыылааҕа "Хомус куода" бырайыак Чурапчы улууһугар ыытылынна. Бырайыак «Хомус Аан дойдутааҕы Киинин уонна Түмэлин” көҕүлээһининэн тэрийэр. Оскуола оҕолорун хомуска уһуйдулар Варвара Степанова Аан дойду виртуоз-хомусчута, Игорь Игнатьев импровизатор-хомусчут, Агафья Ефремова «Саха сирин үөрэҕириитин туйгуна”.

Понедельник, 12 февраля 2024 16:03

Республиканская научно-практическая конференция «Макаровские чтения»

4229e15d 2963 46d1 8833 c1b506b0182d10 февраля в Улахан-Кюельской ООШ, проведена республиканская научно-практическая конференция «Макаровские чтения», в честь 100-летия Афанасия Акимовича Макарова, известного ученого-биолога, кандидата биологических наук, отличника народного просвещения РСФСР, участника Великой Отечественной войны 1941-1945 гг., ветерана высшего профессионального образования Якутии, первого артековца Чурапчинского района.

Пятница, 09 февраля 2024 10:35

Февральское совещание работников образования Чурапчинского улуса

WhatsApp Image 2024 02 09 at 19.21.12 2Сегодня педагоги улуса собрались на ежегодном февральском совещании работников образования Чурапчинского улуса «Развитие единой системы образования Республики Саха (Якутия)». С утра проведена работа по 8 площадкам на базе Чурапчинской гимназии, Чурапчинской СОШ им.С.А.Новгородова, МКУ УО. На площадках обсуждены ключевые вопросы развития образования в улусе.В рамках совещания на базе Хатылынской СОШ им. В.С. Соловьева Болот-Боотура проведен семинар «Использование приемов нейропсихологии в образовательном процессе как способ повышения качества образования обучающихся младшего школьного возраста». 

Пятница, 02 февраля 2024 14:21

«Барҕарыы» үөрэнээччилэр кэмпириэнсийэлэрэ

WhatsApp Image 2024 02 01 at 14.37.14Бастакы сахалыы тылынан ыытыллар «Барҕарыы» үөрэнээччилэр кэмпириэнсийэлэрэ Болтоҥо орто оскуолатыгар ыытылынна.
Кэмпириэнсийэ «Барҕарыы» национальнай пуонда, СӨ Үөрэххэ уонна наукаҕа министиэристибэтин быһаччы өйөбүлүнэн тэрилиннэ. Сүрүн соруктарынан үөрэнээччилэргэ билим, култуура, уопсастыбаннас үлэһиттэрин кытта аһаҕастык сэһэргэһэр, бодоруһар эйгэлэрин тэрийии, төрөөбүт тыл туттуллар эйгэтин кэҥэтии, чинчийэр үлэ нөҥүө оҕо айар, ырытар, анаарар дьоҕурун, сахалыы саҥарар-толкуйдуур сатабылын сайыннарыы.

Пятница, 02 февраля 2024 10:37

Агрохайысхалаах оскуолаларга болҕомто ууруллар

Тохсунньу  31 күнүгэр «Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр агротехнологическай үөрэх: уопут уонна сайдыы суоллара” боппуруоһунан  Григорьева А.А., Ил Түмэн государственнай мунньаҕынүөрэххэ уонна наукаҕа сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ салайааччылаах бөлөх профессор Г.П.Башарин аатынан Сылаҥ орто оскуолатын үлэтин-хамнаһын билистэ, көрдө.

Вторник, 30 января 2024 01:00

Чурапчы гимназията ыалдьыттары көрүстэ.

2024Саха өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Сергеевич Николаев, СӨ үөрэҕин уонна наукатын миниистирэ Ньургууна Соколова, Ил түмэн депутата Антонина Григорьева, улуус баһылыга Степан Саргыдаев С.К. Макаров аатынан Чурапчы гимназиятыгар ыалдьыттаатылар. Чурапчы улууһун хамаандата В. П. Ларионов аатынан «Инникигэ хардыы” конференцияҕа 1 миэстэни икки сыл субуруччу ылла. Быйыл конференцияҕа ситиһиилээхтик кыттыбыт оҕолор бэйэлэрин чинчийэр үлэлэрин кэпсээбиттэрэ ыалдьыттар болҕомтолорун татта.

Вторник, 30 января 2024 00:11

Мындаҕаайыга оскуола саҥа дьиэтэ үлэҕэ киирдэ

WhatsApp Image 2024 01 31 at 15.15.28Саха сирин бастакы Социалистическай Үлэ геройа Роман Иннокентьевич Константинов аатын сүгэр Амма орто оскуолата саҥа сырдык, ыраас, сылаас таас дьиэҕэ киирдэ. Үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ Саха өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Сергеевич Николаев, СӨ үөрэҕин уонна наукатын миниистирэ Ньургууна Соколова, Ил түмэн депутата Антонина Григорьева, улуус баһылыга Степан Саргыдаев у.а. ыалдьыттаатылар. 

Страница 6 из 59
Решаем вместе
Есть предложения по организации учебного процесса или знаете, как сделать школу лучше?