Сыл ахсын ыытыллар «Үс кэрэ-үс ситим» күрэх сэтинньи 17 күнүгэр ыытылынна. Күрэх үс түһүмэҕинэн барда. Бастакы түһүмэххэ бэйэни билиһиннэрии “Кэрэ ситимэ”, иккис түһүмэх дьиэ кэргэн бырайыага , үһүс “Кэрэни кэрэхсиибит” маастар кылаас.
Эбээни, ийэни, кыыс оҕону ситимниир тэрээһин истиҥник ыытылынна. Дьиэ кэргэҥҥэ оҕону иитиигэ олус интириэһинэй үлэлэр бааллар. Ол курдук: Татьяна Филипповна, Луиза Петровна уонна Дияна Седалищевалар “Дьиэ кэргэн түһүлгэтэ” ; Дария Егоровна , Сардана Егоровна уонна Вероника Скрябиналар “Оҕо иитиллэр, сайдар ситимин эйгэтэ-дьиэ кэргэн”; Евдокия Егоровна, Виктория Поликарповна уонна Кира Саввиновалар “Оҕону дьиэ кэргэҥҥэ сахалыы иитии”; Марина Ивановна, Мария Владимировна уонна Айыллаана Игнатьевалар “Алаас ааттаах-дойду сурахтаах” бырайыактары билиһиннэрдилэр.
Саха ыалын төрүт үгэһин, дьарыгын, талаанын арыйан умсугутуулаах маастар-кылаастары көрдөрдүлэр.
«Үс кэрэ-үс ситим» күрэх кыайыылаахтарынан Мугудай нэһилиэгиттэн Дария Егоровна, Сардана Егоровна уонна Вероника Скрябиналар буоллулар. Бу тэрээһин кыыс оҕону иитиигэ дьиэ кэргэн ситимнээх дьарыгар олук уурара саарбаҕа суох.