Четверг, 18 января 2024 10:41

"Оҕо сайдар суола-төрөөбүт тылга" сэминээр

Автор
Хайа да омук төрөөбүт тылын билэр, таптыыр, сыаналыыр кэнчээри ыччаттаах буоллаҕына – тыыннаах буолар, салгыы сайдар, барҕарар кыахтанар! Тыл – бүтүн норуот национальнай баайа, кэлэр кэскилэ!
 
Улуус Үөрэҕин салалтатын тэрээһининэн тохсунньу 17 күнүгэр "Оҕо сайдар суола-төрөөбүт тылга" диэн уһуйаан иитээччилэрин, педагогтарын түмэр сэминээр Сылаҥ нэһилиэгин "Сулусчаан" уһуйааныгар буолан ааста. Тэрээһиҥҥэ улууспут уһуйааннарыттан барыта 35 педагог кыттыыны ылла. 
WhatsApp Image 2024 01 17 at 19.23.29 1
1. Орто бөлөххө "Кыстыыр чыычаах - барабыай" дьарыгы Корякина Х.И., Никифорова Н.А., ыыттылар.
2. ⁠Улахан бөлөххө "Саха төрүт аһа-суорат" дьарыгы Захарова С.Г., уонна алын кылаас учуутала Игнатьева С.Н., көрдөрдүлэр.
3. ⁠Улахан бөлөххө "Аптаах чаҕылыма" дьарыгы Трофимова Н.Н., ыытта.

WhatsApp Image 2024 01 17 at 19.23.29

 
Уһуйаан баай уопуттаах педагог-наставниктара маастар кылаас көрдөрдүлэр.
1. Платонова С.В. "Төрүччү" бырайыак нөҥүө оҕоҕо төрөөбүт дойдуга тапталы, убаастабылы иитии туһунан кэпсээтэ, Говоров Дь., нэһилиэгин, дьиэ кэргэнин туһунан иһитиннэрдэ.
2. ⁠Винокурова Л.В. "Кыра саастаах оҕону олоҥхоҕо уһуйуу" диэн бырайыагынан маастар-кылаас ыытта, оҕолор олоҥхо аахтылар.

WhatsApp Image 2024 01 17 at 19.23.30

 
Бары кэлбит педагогтар семинар үрдүк таһымҥа ааспытын, олус интэриэһинэй дьарыктары көрбүттэрин бэлиэтээтилэр.
Сахалыы сайаҕастык саҥарар, иэйиибитин истиҥник этинэр Ийэ тылбыт  үйэлэргэ үүнэ —  сайда турдун!
Прочитано 454 раз
Решаем вместе
Есть предложения по организации учебного процесса или знаете, как сделать школу лучше?