Кулун тутар 18-19 күннэригэр «Илин эҥээр бастыҥ эдэр учуутала-2024» куонкурус Чурапчы улууһун Д.Д. Красильников аатынан Мугудай орто оскуолатыгар ыытылынна. Куонкуруска алта улуустан 26 сайаапка киирбититтэн, бастакы кэтэхтэн турга эссе уонна учуутал тус интернет сайтын көрүү түмүгүнэн 17 эдэр учуутал талыллан кыттыыны ылла. Куонкурус үөрүүлээх аһыллыытыгар М.Ф. Кронникова Чурапчы улууһун баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччыта; Ю.П.Посельскай улуус үөрэҕин салалтатын начальнига; В.В. Аммосова дьүүллүүр сүбэ бэрэсэдээтэлэ, С.Н. Донской –II аатынан Үөрэҕи сайыннарар уонна идэ таһымын үрдэтэр үнүстүүт филологияҕа кафедратын доцена; Н.К. Пермяков Д.Д. Красильников аатынан Мугудай орто оскуолатын директора; Т.А. Попова, «Илин эҥээр бастыҥ эдэр учуутала-2023» куонкурус муҥутуур кыайыылааҕа кыттааччыларга истиҥ иһирэх эҕэрдэлэрин тиэртилэр, ситиһиини баҕардылар.
Бастакы күн биэс хайысханан “Үөрэнээччини кытта сэһэргэһии” түһүмэх уонна уруоктары көрүү буолла. Конкурсаннары 13 эксперт сыаналаата. Дьүүллүүр сүбэҕэ С.Н. Донской –II аатынан Үөрэҕи сайыннарар уонна идэ таһымын үрдэтэр үнүстүүт, улуустартан үөрэх салалтатын методическай отделын салайааччылара, исписэлиистэрэ, П.Н. Гоголев «Сыл бастыҥ учуутала-2023» күрэх кыайыылааҕа, С.А. Курчатова Дьокуускай куорат «Сыл бастыҥ учуутала-2023» күрэх кыайыылааҕа, Т.А. Попова «Илин эҥээр бастыҥ эдэр учуутала» былырыыҥҥы кыайыылааҕа үлэлээтилэр.
Иккис күн маастар кылааска учууталлар бэйэлэрин үлэлэригэр туттар, уратылаах, аныгылыы, билиҥҥи кэм үөрэнээччитигэр сөп түбэһэр, бастыҥтан бастыҥ ньымаларын билиһиннэрдилэр. Бииртэн биир ураты, интэриэһинэй оҕо билиини ыларыгар болҕомтону хайдах тардан үөрэтэр уратыларын үллэһиннилэр. Кыттааччылар бары киэҥ өйдөөх-санаалаах, оҕоҕо истиҥ, чугас сыһыаннаах, барытыгар көхтөөх, наһаа аһаҕас уонна олус сырдык ыралаах ыччаттар эбит. Чахчы даҕаны, маннык аныгылыы көрүүлээх, киэҥ билиилээх, бэйэлэрин санааларын, толкуйдарын сайа этэр, киһиэхэ тириэрдэр учууталлар баар буоллахтарына инникибит кэскилэ киэҥ эбит диэн санааҕа кэлэҕин.
Үс түһүмэх кэнниттэн сэттэ бастыҥ учуутал финалга таҕыстылар:
• Аргунова Юлия Захаровна, Мэҥэ Хаҥалас улууһун И.М.Романов аатынан Төхтүр орто оскуолатын алын кылаас учуутала;
• Миронов Артур Евгеньевич, Таатта улууһун А.Е. Мординов аатынан Таатта лицейын историяҕа уонна обществознанияҕа учуутала;
• Санников Юрий Андрианович, Чурапчы улууһун Д.Д.Красильников аатынан Мугудай орто оскуолатын историяҕа уонна обществознанияҕа учуутала;
• Тарабукин Иннокентий Константинович, Уус Алдан улууһун В.В.Алексеев аатынан Мүрү уоланнар гимназияларын технологияҕа учуутала;
• Дьячковская Любовь Михайловна, Чурапчы улууһун С.К.Макаров аатынан Чурапчы гимназиятын математикаҕа учуутала;
• Никифоров Алексей Афанасьевич, Уус Алдан улууһун М.Н.Готовцев аатынан Танда орто оскуолатын биологияҕа учуутала;
• Никифоров Егор Трофимович, Амма улууһа, Н.Е.Иванов аатынан агро хайысхалаах Бөтүҥ орто оскуолатын историяҕа уонна обществознанияҕа учуутала.
Финалистарга "Тылы учууталга" түһүмэҕи, үөрэхтээһин эйгэтин сытыы боппуруостарын тула кэпсэтиини Чурапчы улууһун үөрэҕин салалтатын методическай отделын сурун исписэлииһэ, педагогическай наука кандидата Артемьев Н.П. сатабыллаахтык тэрийдэ. Эдэр учууталлар бэйэлэрин көрүүлэрин анаардылар, сүбэ-ама ыллылар, саҥа санаалар, сонун идеялар этилиннилэр. Икки күннээх эрийсиилээх куонкурус түмүгүнэн хайысхаларынан кыайыылаахтар быһаарылыннылар. Ол курдук:
• “Шаг в профессию” анал аат кыайыылааҕа –Никифоров Алексей Афанасьевич, биология учуутала, Уус Алдан;
• “За историческое просвещение” анал аат - Санников Юрий Андреанович, история уонна обществознание учуутала, Чурапчы;
• “Учитель обеспечивающий успех ученика” – Миронов Артур Евгеньевич, история уонна обществознание учуутала, Таатта;
• “За вклад в формировании практических навыков учащихся” –Тарабукин Иннокентий Константинович, технология учуутала, Уус Алдан.
Биир бэлиэ түгэнинэн алта улуус үөрэҕин салалтатын начальниктарын ааттарыттан 6 эдэр учууталга Республика тас өттүгэр стажировкаҕа сертификат туттарыллыбыта буолла. Куонкурус муҥутуур кыайыылааҕын үрдүк аатын Никифоров Егор Трофимович, Амма улууһун Н.Е.Иванов аатынан агро хайысхалаах Бөтүҥ орто оскуолатын историҕа уонна обществознанияҕа учуутала сүктэ. Киниэхэ С.Н. Донской-II аатынан Үөрэҕи сайыннарар уонна идэ таһымын үрдэтэр үнүстүүт аатыттан харчынан приз ананна, ону тэҥэ Чурапчы улууһун баһылыга С.А.Саргыдаев эдэр учууталлары өйөөн туруорбут ноутбук бирииһин улуус баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччы М.Ф. Кронникова туттарда.
Куонкуруска кыттыы, кыайыы, биллэн турар, чиэс-бочуот, атын үрдүк таһымҥа тахсыы, саҥа үрдүк чыпчаалларга үктэл! Бары кыайыылаахтарга истиҥ эҕэрдэ! Эһиги сүрэххит уонна дууһаҕыт сылааһын оҕоҕо аныыр, кэнчээри ыччаппыт оҕо сааһын аргыһа буолар дьоллоох дьоҥҥут. Баҕарабыт кытаанах доруобуйаны, энчирээбэт эрэли, үксүү турар үөрүүнү, тосхойо турар дьолу. Халлааҥҥыт өрүү ыраас буоллун, күҥҥүт сыдьаайа тыктын!
Эппиэтинэстээх тэрээһини ыытыыга кыттыыны ылбыт тэрилтэлэрбитигэр: Д.Д.Красильников аатынан Мугудай орто оскуолатын, Мугудайдааҕы " Чуораанчык " уһуйаан, Төлөй орто оскуолатын, Төлөйдөөҕү " Кустук" уһуйаан, С.К.Макаров аатынан Чурапчы гимназиятын, ЧГИФКИС коллективтарыгар барҕа махталбытын тиэрдэбит.
https://www.churap.ru/index.php?option=com_k2&view=item&id=1058:%D0%B8%D0%BB%D0%B8%D0%BD-%D1%8D%D2%A5%D1%8D%D1%80-%D1%83%D0%BB%D1%83%D1%83%D1%81%D1%82%D0%B0%D1%80-%D1%8D%D0%B4%D1%8D%D1%80-%D1%83%D1%87%D1%83%D1%83%D1%82%D0%B0%D0%BB%D0%BB%D0%B0%D1%80%D1%8B%25D#sigProId200e783bf2