Уроки по Joomla 3 можно найти здесь: http://joomla3x.ru/
Вторник, 14 мая 2024 15:45

“Дьарыктаах дьоһун ыал” анал ааты быһаарыы

Автор

Россияҕа “Дьиэ кэргэн”, Саха сиригэр “Оҕо сыла” уонна Чурапчы улууһугар “Ыал саргыта” сыллар чэрчилэринэн “Ыал саргыта” улуустааҕы дьиэ кэргэн куонкуруһун иһинэн ыытыллар “Дьарыктаах дьоһун ыал” анал ааты быһаарыы ыытылынна.

Бу күрэс дьиэ кэргэн сыаннастарын уонна үтүө үгэстэрин харыстааһын, бөҕөргөтүү, кэлэр көлүөнэҕэ тиэрдии сыаллаах ыытылынна.

Балаһыанньа быһыытынан сүрүн ирдэбиллэринэн ыал оҕолорун үлэни өрө тутан иитиилэрэ, хас биирдии оҕото үөрэҕин таһынан сөбүлээн, умсугуйан сылдьар эбии дьарыктаах, улуус, өрөспүүбүлүкэ, Россия таһымыгар кэккэ ситиһиилэрдээх буолуута, ыал олорор нэһилиэгэр эбэтэр уһаайбатыгар дьоҕус кэтэх хаһаайыстыбалааҕа буоллулар.

Барыта 12 нэһилиэктэн, 13 оскуолтаттан чөл олоҕу, үлэни өрө тутар, оҕо иитиитигэр үтүө холобур буолар, бэйэлэрин нэһилиэктэригэр, улууска бастыҥнар ааттарыгар сылдьар 14 дьиэ кэргэн кытыннылар: Алаҕартан Баишевтар, Болтоҥо нэһилиэгиттэн Максимовтар, Седалищевтар, Одьулуунтан Барашковтар, Улахан Күөлтэн Макаровтар, Мындаҕаайыттан Павловтар, Мугудайтан Оконешниковтар, Сылантан Нестеревтар, Хадаартан Мордускиннар, Хатылыттан Кривошапкиннар, Хайахсыттан Бандеровтар, Чурапчы нэһилиэгиттэн С.А.Новгородов аатынан орто оскуолаттан Сивцевтар, Чурапчы гимназиятыттан Лукиннар, Диринтэн Прокопьевтар. 

Бары кыттыбыт дьиэ кэргэттэрбитигэр Чурапчы улууһун үөрэҕин салалтатын аатыттан ис сүрэхпититтэн махтанабыт. Бастыҥнар ааттара аан дойдутааҕы дьиэ кэргэн күнүгэр аналлаах улуустааҕы тэрээһиҥҥэ ыам ыйын 17 күнүгэр ааттаныа, биэс бастыҥ ыал VIII норуоттар икки ардыларынааҕы “Азия о5олоро” спорт оонньууларын аһыллыытыгар сылдьар билиэтинэн наҕараадаланыа.

Салгыы улууспут бастыҥ дьарыктаах дьоһун дьиэ кэргэттэрин тустарынан видеосюжеттары ссылканан киирэн көрүҥ, сэҥээриҥ!

https://youtube.com/playlist?list=PLV-Wc8FB4TCztR5gCaMTbthHuwgC7ZNla&si=E7XiGg6056-ZO-dO

Прочитано 315 раз Последнее изменение Пятница, 17 мая 2024 13:52
Решаем вместе
Есть предложения по организации учебного процесса или знаете, как сделать школу лучше?