Бүгүн Чурапчы улууһун бары оскуолаларыгар тиһэх чуораан чугдаарда. Бу үөрүүлээх күнүнэн улуус, нэһилиэк дьаһалтатын, улуустааҕы үөрэх салалтатын, төрөппүттэр ааттарыттан эҕэрдэ тыллар этилиннилэр, үөрэнээччилэргэ, учууталларга ситиһиилэрин иһин грамоталар, эҕэрдэ, махтал суруктар, истипиэндьийэлэр туттарылыннылар. Быйыл улууспут 21 оскуолатыгар 3958 оҕо үөрэх дьылын түмүктүөҕэ, 225 оҕо оскуоланы бүтэрэн олох киэҥ аартыгар үктэниэ. Билигин оскуоланы бүтэрээччи оҕолорбутун биир кэлим эксээмэннэр күүтэллэр. Бастакы эксээмэннэр ыам ыйын 24 күнүттэн саҕаланаллар. Онон, оҕолорбутун тиһэх чуораанынан эҕэрдэлээн туран, эксээмэннэрин ситиһиилээхтик туттаран, сөбүлүүр идэҕитин талан, баһылаан, үлэни өрө тутар дьон буолуоххут диэн эрэнэбит. Билиини биэрбит, бары үчүгэйгэ, үтүөҕэ ииппит үөрэххит кыһатыгар, учууталларгыт кыһамньыларыгар өрүү махталлаах буолуҥ, олоххо тутуһан бииргэ түмсүүлээхтик сылдьыҥ, чэгиэн сылдьан үрдүк сыалгытын ситиһиҥ, дьоллоох буолуҥ! Төрөөбүт дойдугутугар бэриниилээх буоларга тардыһыҥ, сайыннарыҥ, тус ситиһиилэргитинэн дойдугутун, дьоҥҥутун ааттатыҥ.