Уроки по Joomla 3 можно найти здесь: http://joomla3x.ru/
Пятница, 28 апреля 2023 14:36

Сардаана Николаевна Гоголева "Төрөөбүт тыл - оҕо сайдар тирэҕэ" сэминээрэ

Автор

"Төрөөбүт тыл - оҕо сайдар тирэҕэ" практическай сэминээр

Сүрэххин оҕолорго анаабыккар барҕа махтал!

Сэминээр кэнниттэн учуутал санаата

Арассыыйаҕа “Учуутал уонна уһуйааччы” сылын көрсө  С.К.Макаров аатынан Чурапчы гимназиятын саха тылын, литэрэтиирэтин учуутала, “Бүтүн Арассыыйатааҕы төрөөбүт тыл уонна төрөөбүт литэрэтиирэ бастыҥ учуутала” куонкурус лауреата, САССР төрүттэммитэ 100 сылыгар аналлаах “100 бастыҥ учуутал” куонкурус кыайыылааҕа Сардаана Николаевна Гоголева өрөспүүбүлүкэтээҕи "Төрөөбүт тыл - оҕо сайдар тирэҕэ" диэн практическай сэминээрэ олус сэргэхтик, киэҥ далааһыннаахтык буолан ааста.

WhatsApp Image 2023 04 17 at 16.02.59

Сэминээргэ барыта 50-тан тахса учуутал, преподаватель Дьокуускай куорат оскуолаларыттан: Айыы Кыһатыттан, Саха гимназиятыттан, Орто анал Үөрэхтээһин үнүстүүтүттэн, Олимпийскай резервэ уонна Дьокуускайдааҕы култуура уонна ускуустуба кэллиэһиттэн, Н.С.Охлопков аатынан Нам гимназиятыттан, Таатта улууһун А.Е.Мординов аатынан лиссиэйтэн, А.Е.Кулаковскай аатынан Дьохсоҕон, Эллэй аатынан Чычымах орто оскуолаларыттан, Мэҥэ –Хаҥалас улууһун Т.Г.Десяткин аатынан Тумул орто оскуолатыттан уонна Чурапчы улууһун оскуолаларыттан сырытта. Үөрэхтээһини сайыннарар уонна идэни үрдэтэр үнүстүүт үөрэҕин чааһын сэбиэдиссэйэ Ф.В.Ядрихинская сэминээри иилээн-саҕалаан ыытта. Саха тылын учууталларын өрөспүүбүлүкэтээҕи “Сайдыс” ассоциациятын бэрэссэдээтэлэ Ж.Ф.Барашкова кытынна.  

Ыраахтан-чугастан тоҕуоруһа мунньустан кэлбит учууталларыыалдьытымсах С.К.Макаров аатынан Чурапчы гимназиятын кэллэктиибэ сахалыы сиэринэн алгыстаах алаадьынан, арыылаах саламаатынан айах тутан көрүстэ. Гимназия научнай –естественнэй хаапыдыратын учууталлара (салайааччы: Оконешникова Т.Н.) бэйэбит дойдубутугар үүммүт отторунан чэй оҥорон, араас минньигэс барыанньанан күндүлээбиттэрин олус кэрэхсээтилэр. Сахалыы сиэдэрэй таҥастаах уолаттар-кыргыттар хас үрдэл, көрүдүөр устун сэлэлии туран, истиҥник көрүстүлэр, оскуолаларын туһунан   экскурсовод уолаттар бэрт сэргэхтик билиһиннэрдилэр. Гимназия түмэлигэр Сардаана Николаевна оҕо сылдьан ылбыт грамоталарын, докумуоннарын, оҥорсубут хаһыаттарын бэлэхтээбитэ устуоруйа кэрэһитэ буолан туралларын бэлиэтээтибит. Сардаана Николаевна быйыл Хотугу Кавказка куонкуруска кыттыбыт бэлиэтэ, Саха сирин былааҕа, эмиэ бу түмэлгэ турбут.     Саха – аангылыйа филологиятын хаапыдырата түмсүүлээҕин, биир тиһиктээх үлэтэ ситимнээҕин көрүдүөргэ ыйанан турар дириҥ ис хоһоонноох истиэндэлэр, муннуктар, уруһуйдар, хаартыскалар туоһулууллар. Көрүдүөргэ киириигэ Сардаана Николаевна хомус дьүрүскэн тыаһынан саҕалаата, ыалдьыттарын алгыс тылынан көрүстэ. Онтон үөрэнээччилэрэ “Илгэлээх ийэ тыл” диэн төрөөбүт тыл туһунан дьүһүйүүнү С.А.Новгородовтыы   11 омук тылынан аахпыттара олус сонун буолла. “Чурапчы суруйааччылара” диэн дьоһуннаахай истиэндэни бибилэтиэкэр, быйылгы өрөспүүбүлүкэтээҕи бибилэтиэкэрдэр куонкурустарын кыайыылааҕа Туяра Николаевна Харлампьева сиһилии кэпсээтэ. Сардаана Николаевна уһуйааччыта, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх учуутала Фекла Николаевна Болдовская биир дойдулаахпыт, саха суругун –бичигин төрүттээччи Сэмэн Ноҕоруодап олоҕун, үлэтин сырдатар, үйэтитэр “Ытык ыра” диэн бырайыактарын билиһиннэрдэ, төрөөбүт Чуораайытта алааһын уруһуйун, Сэмэн Ноҕоруодапка аналлаах истиэндэни билиһиннэрдэ.

Сардаана Николаевна 6-с кылааска саха тылыгар "Ахсаан аат суолтата" уонна 11-с кылааска саха литэрэтиирэтигэр Софрон Данилов "Сүрэх тэбэрин тухары"  диэн тиэмэлэргэ ыыппыт уруоктарын олус сэргээтибит, үрдүктүк сыаналаатыбыт. Уруоктар тустарынан биир идэлээхтэрэ санааларын үллэстэллэр.

Васильева Александра Николаевна, Дьокуускайдааҕы А.Д.Макарова аатынан Култуура уонна Ускуустуба кэллиэһин преподавателэ:

“Сардаана Николаевна үөрэтии технологияларын уруогар сатабыллаахтык туттар, идэтин толору баһылаабыт, оҕоҕо олус болҕомтолоох, оҕолору таптыыр учуутал эбит. Үөрэнээччи бэйэтэ элбэхтик үлэлиирин, саҥарарын ситиһэр, үгүстүк толкуйдатар, дьон иннигэр толлубакка бэйэ санаатын аһаҕастык этэргэ үөрэппит”.

Липатова Светлана Афанасьевна, Айыы Кыһатын учуутала:

“ Олус үчүгэй литэрэтиирэ уруогун көрдүм. Саамай сөхпүтүм диэн, улахан кээмэйдээх “Сүрэх тэбэрин тухары” арамааны оҕолорго сөбүлээн аахтарбыта. Ол иһин айымньыны ырытыыны олус үчүгэйдик сиһилии оҥордулар. Сардаана Николаевна литэрэтиирэ саҥа аныгы уруогун көрдөрдө. Учуутал инсерт, “кырдьык –сымыйа” диэн ырыҥалаан толкуйдуур ньыманы туттарын олус кэрэхсээтим”.

Аэлита Михайловна Попова, Нам улууһун гимназията:

“ Уруогу тэтимнээхтик ыытар. Оҕолор бөлөҕүнэн үлэлии үөрүйэхтэр. Учуутал оҕолор санаа атастаһалларын тэрийэр, мөккүөрдээх ыйытыылары таба туруоран, мөккүһүннэрэр. Учуутал уонна үөрэнээччи күннэтэ ыкса бодоруһан үлэлииллэрэ, үөрэнэллэрэ көстөр. Оҕолор сиппит-хоппут ылыннарыылаах санаалары этэллэр, хоһоон, дьүһүйүү оҥорон ааҕан иһитиннэрдилэр, учууталлар олус сэҥээрдибит”.

Людмила Николаевна Гаврильева, Олимпийскай резервэ училищетын преподавателэ:

“ Ахсаан ааты олоххо туттуу” аһаҕас уруок ФГҮӨС ирдэбилигэр толору эппиэттиир, оҕо кэрэни кэрэхсиир, сыаналыыр, ырыҥалаан, ырытан көрө үөрэнэр сатабылын сайыннарар. Сардаана Николаевна оҕолоругар олус истиҥ, эйэҕэс сыөыаннаах айымньылаах учуутал диэн олус сөбүлээтим. “Оҕо бэйэтин үлэтэ”,”билиини бэйэ көрдөөн булуута”, “сатабылы тутта үөрэнии” о.да. саҥа ньыманы туттар. Ахсаан ааты араас идэҕэ сыһыаран, чопчулаан, түмүк оҥорон, санааны сааһылаан эппиэттээтилэр. Фекла Николаевна, Сардаана Николаевна! Төрөөбүт тылбыт эйгэтэ кэҥииригэр кыһамньылаах үлэҕитин үрдүктүк сыаналыыбын, барҕа махтал!”

Евгения Федосеевна Керемясова, Айыы Кыһатын учуутала:

“Үөрэнээччилэр бэйэлэрэ толкуйдаан биэрэр ыйытыылара, мөккүөрдэрэ сүрдээх сытыылар, киһини толкуйдаталлар. Оҕолор сиэрдээхтэрэ, аһаҕастара, учууталларыгар истиҥ сыһыаннара, махталлара киһини уйадытар. Сардаана Николаевна, выпускниктарыҥ олох киэҥ аартыгар бигэтик үктэнэллэригэр эрэнэбин! Сүрэххин оҕолорго анаабыккар барҕа махтал!”

Салгыы Сардаана Николаевна уһуйааччыта Фекла Николаевналыын 8 кылааска эбии туттарга аналлаах эрчиллии хомуурунньугун оҥорбуттарын көрдүбүт. Манна ыйдарынан арааран, саха дьарыгар, бэлиэ күнүгэр сөп түбэһиннэрэн, сорудахтаах дьарыктары оҥорбуттарын  толордубут, сэргии ырытыстыбыт.

Эбиэттэн киэһэ Сардаана Николаевна үөрэтэр-иитэр үлэтин уопутун сиһилии билиһиннэрдэ. Кини биир уратытынан идэҕэ туһаайыылаах куонкурустарга көхтөөхтүк кыттар, билиигэ-көрүүгэ, сайдыыга тардыһыылаах учуутал буолар. Бу куонкурустар Сардаана Николаевна Бүтүн Арассыыйатааҕы куонкуруска кыттарыгар көмө-тирэх буолбуттарын бэлиэтиир.

Үгүс түбүктээх, үтүөкэннээх тэрээһини, бүтүн Арассыыйа таһымнаах (Чечня, Осетия тылга үнүстүүтүн үлэһиттэрэ быһа холбоммуттара) сэминээри ситиһиилээхтик  тэрийэн ыыппыккытынан гимназия кэллэктиибигэр, Сардаана Николаевнаҕа уонна Фекла Николаевнаҕа өссө төгүл истиҥ эҕэрдэбитин, барҕа махталбытын тиэрдэбит. Доруобуйаны, дьолу, ситиһиини баҕарабыт.

Чурапчы улууһун саха тылын, литэрэтиирэтин учууталларын мэтэдьиичэскэй холбоһугун салайааччыта Елена Егоровна Попова.

 

Прочитано 368 раз Последнее изменение Пятница, 28 апреля 2023 17:40
Решаем вместе
Есть предложения по организации учебного процесса или знаете, как сделать школу лучше?