Олунньу 17 күнүгэр “Тыл-омук тыына” төрөөбүт тылбыт сайдарын туһугар саха норуотун биир тыыҥҥа, биир санааҕа түмэр сыаллаах форум буолан ааста. Тэрээһин быйыл иккис төгүлүн ыытылынна. Куйаар ситимин нөҥүө 500 тахса сэҥээрээччи дьон көрдүлэр-иһиттилэр, кыттыыны ыллылар.Форуму Чурапчы улууһун үөрэҕин салалтатын көҕүлээһининэн Чурапчы улууһун салалтатын өйөөһүнүнэн, Чурапчы улууһун култууратын салалтата холбоһон тэрийдибит. Сарсыарда өттүгэр мунньаҕы улуус депутаттарын сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Афанасий Афанасьевич Захаров салайда. Манна саха тылын өлбөт өрөгөйүн, быстыбат тыынын, салгыы чэчирии сайдарын туһугар туох үлэ-хамнас барарын тула тустаах үлэлэһэ сылдьар дьон тыл, санаа эттилэр:
1. Габышева Феодосия Васильевна, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Государственнай Ил (Түмэн) мунньаҕын билимҥэ, үөрэхтээһиҥҥэ, култуураҕа, көрдөрөр – иһитиннэрэр средстволар ис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ, педагогическай билим доктора.
2. Жиркова Римма Романовна, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын дьаһалтатын тыл бэлиитикэтигэр сүбэтин салайааччыта, билим хандьытаата, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитэ.
3. Никитина Вилюяна Николаевна, “Ийэ тыл кэскилэ” өрөспүүбүлүкэтээҕи общественнай түмсүү салайааччыта.
4. Семенова Светлана Степановна, п.б.х., Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитин үтүөлээх үлэһитэ, Арассыыйа норуоттарын тылларын үөрэтэр үнүстүүт үлэһитэ.
5. Барашкова Жанна Федоровна, Бахсы орто оскуолатын саха тылын уонна литэрэтиирэтин учуутала, РФ уопсай үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ.
Маны таһынан,Болтоҥо нэһилиэгэр тутуллар, былааҥҥа киирбит “Ийэ тыл кыһата” бырайыак сүрэхтэниитэ буолла. Бырайыагы Макарова Варвара Васильевна, Болтоҥо нэһилиэгин баһылыга билиһиннэрдэ. Түмүккэ, бу форум анал бэлиэтэ туттарылынна.
Иккис чааһыгар 6 түһүлгэнэн арахсан тыл эйгэтин тула кэпсэтии, санаа атастаһыыта буолла:
1.“Төрүт тыл тула уһуйаантан түмсүөҕуҥ” түһүлгэ.
Түсчүттэр: Оконешникова Маргарита Прокопьевна, Чурапчы улууһун үөрэҕин салалтатын специалиһа, Саввина Мария Петровна, оҕо сайдар киинэ “Улыбка” уһуйаан эбии үөрэхтээһин педагога, Жиркова Мария Дмитриевна, оҕо сайдар киинэ “Мичил” уһуйаан методиһа.
Барыта 112 киһи кытынна, Дьокуускай куораттан, Хатастан, Мэҥэ-Ханаластан, Тааттаттан, Уус-Алдантан, Намтан.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэххэ уонна наукаҕа министиэристибэтин уопсай үөрэхтээһин отделын специалиһа Васильева Мирослава Евгеньевна “Саха тылын уһуйаантан сайыннарыаҕын” диэн этиитигэр төрөөбүт тылынан үөрэтиигэ ороскуотка нормативынан эбии үп көрөн усулуобуйа тэрийэн судаарыстыба өттүттэн өйөбүл баар буолуо диэн эттэ.
Сербияттан Лугинова Анастасия Михайловна технология, гаджет оҕо саҥата сайдарыгар сүдү оруоллаах, ол иһин сахалыы мультигы сайыннарыаҕын, оҥорон таһаарааччыларга судаарыстыба өттүттэн өйөбүл баар буолуон наада диэтэ.
Андросова Надежда Петровна, “Айар» кинигэ кыһатын общественноһы кытары үлэҕэ редакция сэбиэдиссэйэ. Оҕо төрөөбүт тылын иҥэринэ улаатарыгар “Айар» кинигэ кыһатын кылаата улахан диэн бэлиэтээтэ. Республикаҕа 4 норуодунай суруйааччыны таһаарбыт Чурапчы улууһа уһуйааннары уонна улуустааҕы оҕо библиотекатын сахалыы кинигэнэн хааччыйыыга үп көрөрө буоллар диэн баҕа санаатын эттэ. Бииргэ үлэлииргэ бэлэмин биллэрдэ.
Ефимова Диана Гаврильевна, педагогическай үлэ бэтэрээнэ - “Эркээйи эргиирэ” бырагыраамма уратыларыгар тохтоон быһаарыы биэрдэ.
Аргунова Лилия Владимировна, Е.Г.Корнилова аатынан Дьокуускай куорат 51 № “Кэскил” оҕо уһуйаанын методиһа уһуйаан тылга үлэтин хайысхаларын билиһиннэрэн киэҥ өрүттээх уопутун кэпсээбитэ киэн сэҥээриини ылла.
Түһүлгэ үлэтинэн маннык түмүк ылылынна:
1. “Эркээйи эргиирэ” бырагыраамманан уһуйаантан саҕалаан киэҥ үлэни ыытарга.
2.Уһуйаан саастаах оҕолорго туттар сахалыы дьоҕус тылдьыт танан таһаарарга үлэлэһэргэ.
3. Сахалыы эйгэни тэрийиигэ сонун үлэ хайысхаларын буларга.
4. Аныгы сайдыылаах олох сиэринэн, сахалыы контеннары айан-тутан таһаарыы, киэҥ эйгэҕэ тарҕатыы.
5.Оҕо сахалыы киинэлэрин, араадьыйа биэриилэрин, компьютер оонньууларын, оҕо театр-студияларын тэрийэн ыытыыга өрөспүүбүлүкэ өттүттэн өйөбүлү туруорсарга.
6. Саха тылын сайдыытыгар биир сүрүн портал арыллан үлэлиирэ буоллар үлэбит биир сүрүннэниэ этэ.
7.Айымньылаахтык үлэлиир педагогтарбыт үлэлэрин өйөөн, киэҥ эйгэҕэ бэчээттээн тарҕатар, үйэтитэр кэскиллээх үлэни ыытарга.
2. “Эдэр ыал” түһүлгэтэ
Түсчүттэр:Игнатьева Оксана Борисовна, Чурапчы улууһун үөрэҕин салалтатын специалиһа, Борисова Надежда Семеновна, Хайахсыт орто оскуолатын саха тылын уонна литэрэтиирэтин учуутала,Башарина Саргылаана Васильевна, Чурапчы улууһун үөрэҕин салалтатын специалиһа. Түһүлгэҕэ, куйаар ситимин нөҥүө 101 эдэр ыал киирэн иһиттэ, 12 оскуолаттан 68 төрөппүт, 10 уһуйаантан 33 төрөппүт, алын сүһүөх оскуолаттан-4 төрөппүт. Хасан Хайерсевер, тыл билимин үөрэхтээҕэ Турцияттан эдэр ыалларга туһулаан видео устан ыытта.
Түһүлгэҕэ кыттыыны ыллылар:
1.Барашкова Жанна Федоровна, Д.Г. Барашков аатынан Бахсы орто оскуолатын саха тылын уонна литэрэтиирэтин учуутала, педагогическэй үлэ бэтэрээнэ, РФ уопсай үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ. Удьору үөрэтии ньыматын үөрэтэн, олоххо киллэрэр үлэни тэрийии туһалааҕын тоһоҕолоото. Маннык дьаһал-оҕо кимин-ханныгын өйдүүрүгэр, олоххо дурдалаах-хаххалаах курдук сананан, бэйэтигэр эрэллээх саха оҕото улаатарыгар туһалаах буолара саарбаҕа суох.
2.Алаас Туйаара, 4 боотурдаах эдэр ийэ, блогер, суруналыыс, общественник, “Күөрэгэй” түмсүү кыттыылааҕа. Дьиэ иһигэр сахалыы кэпсэтиини үгэс курдук киллэрдэххэ, оҕону кытары элбэхтэ кэпсэттэххэ, оҕону сэҥээрдэххэ оҕо ылынар диэн эттэ. Сарсыарда аайы сахалыы музыканы дьиэҕитигэр холбоон, саха үгэстэринэн ыһыахха сылдьыы,кыстыкка киирии, сайыны көрсүү бэлиэ түгэннэрин бэлиэтиир буолун, сахалыы аһы-үөлү аһаан, сахалыы иһити-хомуоһу, малы-салы хомуйан эйгэни тэрийин диэн эдэр ыаллары ыҥырда.
3.Никитина Вилюяна Николаевна, “Ийэ тыл кэскилэ” түмсүү салайааччыта. Оҕо 5 сааһыгар диэри төрөөбүт тылын холкутук ылынар, иҥэринэр кыахтаах диэн эттэ. Онон бу сааска диэри улахан болҕомто ууруллара хайаатар да оруоллаах эбит. Икки тылынан буккуйа(биирин да толору баһылаабакка)саҥарар оҕо толору сайдыбат, икки ардынан мунан, саҥата –иҥэтэ буккуллан, өйүгэр-санаатыгар, толкуйугар эмиэ охсуулаах буоларын тоһоҕолоото. Маныаха, төрөппүт улахан оруоллааҕын өйдүөхтээх.
4. Попова Людмила Михайловна, “Саха сирэ” хаһыат тылга, үөрэххэ эппиэттээх суруналыыһа, Россия суруналыыстарын чилиэнэ. Тыл билимин үөрэхтээхтэрэ, общественнай түмсүүлэр биир санааҕа киирэн үлэлиирбит буоллар диэн баҕа санаатын тиэртэ. Эдэр ыалга анаан манныгы эттэ: оҕо төрүөҕүттэн остуоруйата, олоҥхото ааҕын, өйдөөтүн-өйдөөбөтүн, иһиттин-истибэтин ааҕын, онтон кини сыыйа син биир ылынар, сэҥээрэр, тардыһар буолар.
Маны таһынан, улууспутугар холобур буолар эдэр ыаллар кыттыыны ыллылар, 6 оҕолоох Бандеровтар, Хайахсыт нэһилиэгиттэн, Герасимовтар, Алаҕар нэһилиэгиттэн. Оҕону гаджеттартан аралдьытан элбэхтэ алтыһын, айылҕаҕа, үлэҕэ-хамнаска куруук бииргэ илдьэ сылдьын диэн сүбэлээтилэр.
Түмүгэр маннык санаа түмүлүннэ:
• дьиэ кэргэҥҥэ сахалыы эйгэни тэрийии, үгэстэри тутуһуу.(айылҕаҕа дьиэ кэргэнинэн сылдьыы, сири-уоту аһатыы, айылҕаны харыстааһын уо.д.а.).
• Оҕону кыра эрдэҕиттэн төрөппүттэрин “Ийэ”, “Аҕа” диэн сахалыы ааттыырга иитии.
• Аҕа уолунан, кыыс ийэтинэн элбэхтэ кэпсэтэригэр, алтыһарыгар болҕомто ууруу.
• Дьиэ иһигэр сахалыы саҥарыы, кэпсэтии.
• Сынньалан кэмигэр сахалыы кинигэ, хаһыат ааҕыытын үгэс курдук киллэрии.
• Саха ыалыгар тирэх электроннай көмө хомуурунньугу таҥан оҥоруу.
• Удьуору үөрэтии ньыматын үөрэтэн тарҕатыы.
3. «Эдэр ыччат» түһүлгэтэ
Түсчүттэр:Протопопова Христина Иннокентьевна, Чурапчы үөрэҕин салалтатын иитиигэ уонна эбии үөрэхтээһиҥҥэ отделын сүрүннүүр специалиһа.
Корякина Инна Владимировна, С.А. Новгородов аатынан Чурапчы орто оскуолатын нуучча тылын уонна литэрэтиирэтин учуутала.
Неустроева Изольда Ивановна, С.А. Новгородов аатынан Чурапчы орто оскуолатын саха тылын уонна литэрэтиирэтин учуутала.
Барыта 77 киһи кыттыыны ылла, ол иһигэр Чурапчытааҕы аграрнай- техническай колледж уонна Чурапчытааҕы физкультура уонна спорт институтун устудьуоннара.
Кыттыыны ыллылар:
-Сардаана Сыромятникова – биир дойдулаахпыт, саха култууратын көҕүлээччи, историк, тыа сирин олоҕун кэпсиир YouTube сахалыы ханаал автора;
-Алина Владимирова – ООО ПКБ – Техника маркетолога, Linga Bear (Линга беар) диэн Россияҕа сүтэн эрэр тылларга аналлаах мобильнай сыһыарыы автора;
-Анастасия Лугинова - Сербияттан "Игирэчээс кулунчуктар" бастакы сахалыы мультсериал оҥорор бырааттыы Лугиновтар ийэлэрэ;
-Карина Семенова - сахалыы тыллаах бастакы “Олохпут саҕаланна” диэн ааттаах планнеры айан киэҥ эйгэҕэ таһаарбыт биир дойдулаахпыт, «Саха» көрдөрөр - иһитиннэрэр хампаанньа» үлэһитэ, саха тылын ыччакка көҕүлээччи;
Хомойуох иһин сибээс мөлтөҕүттэн Николанна Бушуева – Арчылаана, СӨ ыччат политикатын туйгуна, айар куттаах олохтоох автор, лингвист-учуонай, Семен Андреевич Новгородов төрөөбүт күнүн чэрчитинэн ыытыллар үгэскэ кубулуйбут “Уран тыл” ыччакка аналлаах тыл этиитин күрэҕин проегын автора кыайан кыттыыны ылбата.
Түһүлгэ үлэтин түмүгүнэн маннык этиилэр ылылыннылар:
1.Эдэр ыччаты, үрдүкү кылаас оҕолорун төрүт тылларын сайыннарарга туһаайыллыбыт араас бырайыактары өйөөн тэрийэн үлэлэтэргэ;
2.Саха тыла куйаар ситимигэр туттулларын кэҥэтэргэ “Аныгы оскуола” бырайыак “Точка Роста” кииннэрин кыахтарын толору туһанан, оскуолаларга мультиктары, киинэлэри оҥорууну тэрийии;
3.Аныгы олох ирдэбилинэн оскуолаҕа оҕолорун телефоннарыгар сахалыы шрифт программатын туоруорууну көҕүлээһин;
4.Саха тылын уонна литэрэтиирэтин видео-уруоктарын хомурунньугун бэлэмнииргэ, ситимнээх үлэни тэрийии;
5.Төрөөбүт төрүт тылбыт, култуурабыт сүппэтин туһугар аныгы технологиялары туһанан, улуус ыччатын сахалыы ханаалын тэрийэн, Саха Сирин историяларын сырдатыы.
4. «Саха айар кутун алыба» түһүлгэ.
Түһүлгэ түсчүттэрэ:Артемьева Мария Семеновна, Чурапчы үөрэҕин салалтатын уопсай үөрэхтээһин уонна методическай хааччыйыы отделын сүрүннүүр исписэлииһэ.
Еремеева Сардаана Ивановна, С.А. Новгородов аатынан Чурапчы орто оскуолатын саха тылын уонна литэрэтиирэтин учуутала.
Кривошапкина Сахая Михайловна, Н.Д. Субуруускай аатынан Болтоҥо орто оскуолатын саха тылын уонна литэрэтиирэтин учуутала.
Спиридонова Екатерина Алексеевна, Н.Д. Субуруускай аатынан Болтоҥо орто оскуолатын дириэктэри инновационнай-мэтэдьиичэскэй үлэҕэ солбуйааччы.
Сыала: Сахалыы айар эйгэни тэрийии суолларын тобулуу.
Соруктара:
• Айар дьоҕуру сайыннарыыга уһуйаан саастан утумнаах үлэни олохтооһун;
• Сахалыы куттаах, айар талааннаах чаҕылхай дьоммут утумнааччыларын иитэн таһаарар кыһаларын тэрийии;
• Оҕо айар дьоҕурун сайыннарар, көҕүлүүр күрэстэри сахалыы тыыннааһын(балаһыанньалара сахалыы суруллуутун туруорсуу).
Семён Данилов "Төрөөбүт тыл" хоһоонун профессор Георгий Прокопьевич Башарин аатынан Сылаҥ орто оскуолатын үөрэнээччитэ Владик Трофимов аахта.
Төрөөбүт тыл – киһи үөрэҕи-билиини кэбэҕэстик ылынар, өйө-санаата туругурар, майгыта-сигилитэ ситэр, иһирэх иэйиитэ уһуктар, өлбөт үйэлээҕи айар-тутар дьоҕура тобуллар айылҕаттан бэриллибит эйгэтэ буолар. Төрөөбүт тылынан иитиллэн тахсыбыт оҕо өбүгэлэрин амарах алгыстарын үс кутугар иҥэринэн улаатар, ийэ дьоҕура толору арыллан, удьуор утумун салҕыыр кыахтанар. Ийэ тыл уонна айар кут ситимин тула түһүлгэ үлэтэ барда.
Кыттыыны ыллылар:
1. Саха Сиринээҕи Семен Андреевич Новгородов аатынан "Айар" национальнай кыһа үөрэх уонна оҕо кинигэтин киинин сүрүннүүр эрэдээктэрэ Саргылаана Федоровна Константинова. Үөрэххэ, оҕо сайдарыгар, ааҕарыгар туһуламмыт кинигэ кыһатын таһаарыыларын, саҥа көрүҥнэрин билиһиннэрдэ.
2. Сахабыт сирин кэрэ айылҕатын холустаҕа түһэрэр талааннаах уруһуйдьут, таас тутуулары мурал уруһуйунан тупсарар-киэргэтэр, стрит-арт хайысханы сайыннарар дизайнер, CӨ куорат эйгэтин сайыннарар киин арт-дириэктэрэ, биир дойдулаахпыт Кыыдаана Ивановна Игнатьева буолар. Кини норуот суруйааччыта Василий Яковлев-Далан аатынан Кытаанахтааҕы художественнай-эстетическэй оскуоланы бүтэрэн, хайдах дизайнер идэтин талбытын, киэҥ айар үлэтин билиһиннэрдэ, истээччилэр ыйытыыларыгар хоруйдаата. Ол курдук, сайыҥҥы лааҕыр туһунан, тыа нэһилиэгэр мурал оҥоһуллуон сөп дуо диэн ыйыттылар.
3. Платон Алексеевич Ойуунускай аатынан Саха тыйаатырын кылаабынай режиссера, СӨ ускуустубатын үтүөлээх үлэһитэ, киинэ уонна тыйаатыр артыыһа Руслан Игоревич Тараховскай видеонан кытынна. Кини айар үлэтин тэҥэ, оҕону-ыччаты айар үлэҕэ хайдах сыһыарарга санаатын үллэһиннэ. Оҕоҕо хаана тардар көлүөнэ дьоҕурун сайыннаран, хайысхатын булларан, элбэх куруһуокка, үчүгэй педагогтарга дьарыктаан, музыкаҕа сыһыаран биэрэр суолталааҕын эттэ. Музыка киһи таһымын үрдэтэр, дьону кытта сыһыаны олохтуурга, бэйэтигэр эрэллээх буоларыгар туһалыырын бэлиэтээтэ. Оҕо кыра эрдэҕиттэн төрүт дьарыкка сыстан үлэҕэ үөрэннэҕинэ, олох очурун- чочурун этэҥҥэ туоруур, хайа да үлэттэн куттанан туора турбат буолар диэн эттэ.
Түмүк ылыныыга киллэрилиннэ:
1. Айар дьоҕуру сайыннарыыга уһуйаан саастан утумнаах үлэни олохтооһун;
2. Сахалыы куттаах, айар талааннаах чаҕылхай дьоммут утумнааччыларын иитэн таһаарар кыһаларын тэрийии;
3. Оҕо айар дьоҕурун сайыннарар, көҕүлүүр күрэстэри сахалыы тыыннааһын(балаһыанньалара сахалыы суруллуутун туруорсуу).
4. Чурапчы суруйааччыларыгар анаммыт сквери тутуу.
5.“Баһылык-норуот сирдьитэ” түһүлгэ.
Түһүлгэ түсчүттэрэ: Захаров Афанасий Афанасьевич, Чурапчы улууһун депутаттарын мунньаҕын бэрэссэдээтэлэ, Жиркова Римма Романовна, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын дьаһалтатын тыл бэлиитикэтигэр сүбэтин салайааччыта, Капрынова Антонина Семеновна, Чурапчы улууһун администрациятын социальнай управление салайааччыта,Кронникова Мария Филипповна, Соловьев нэһилиэгин баһылыга, Осипова Анастасия Николаевна, Үөрэх салалтатын начальнигын солбуйааччы, Герасимов Валерий Петрович, Улуустааҕы култуура салалтатын фольклорга уонна култуурнай нэһилиэстибэ салаатын сэбиэдиссэйэ, Болдовская Фекла Николаевна, С.К. Макаров аатынан Чурапчытааҕы гимназия саха тылын уонна литэрэтиирэтин учуутала.Бары кыттааччылары истэн баран маннык түмүккэ кэллибит:
1.Сырдатар, ыйар,көрдөрөр баннердары,вывескалары Саха Республикатын тыл сокуонун ирдэбилигэр сөп түбэһиннэрэн суруйуу.
2.Саха төрүт дьарыктарыгар сыстыбыт оҕо ийэ тылын илдьэ сылдьарын Соловьев нэһилиэгин баһылыга Кронникова М.Ф.бэлиэтээн эттэ.
3.Чакыр нэһилиэгин баһылыга Лебедев К.И.тылбыт сүмэтэ фольклорга сытарын ыйда уонна ити хайысхаҕа үлэни ыыталларын эттэ.
4.С.К.Макаров аатынан Чурапчытааҕы гимназия 11 кыл үөрэнээччитэ Ньургун Пермяков сахалыы тылынан хаачыстыбалаах контеннары оҥорон таһаарары ыйда уонна оҕолору төрүт тылынан үөрэтиини өйүүрүн биллэрдэ.
5.Жиркова Римма Романовна саха тылын сайыннарыыга уонна үйэтитиигэ анал муниципальнай бырагыраама оҥорору, сахалыы дьыалабыай истиилгэ сөп түбэһиннэрэн мунньахтары, дьаһаллары ыытары сорудахтыырга этии киллэрдэ. Ону таһынан, спортивнай суруналыыстар күрэхтэһиини сахалыы сырдаталларын хааччыйар сыаллаах анал куурустары, биир соҕотох тыа сиригэр баар Чурапчытааҕы үнүстүүт ыытыаҕын сөбүн ыйда.
6.Биир сүрүн этии-Болтоҥо нэһилиэгэр тэриллэр "Ийэ тыл эйгэтэ" комплекс олоххо киириитигэр тэтимнээх үлэни ыытыы.
6. “Аныгы саха тылын учуутала” түһүлгэ
Түсчүттэр: Федосеев Станислав Семенович, Чурапчы үөрэҕин салалтатын уопсай үөрэхтээһин уонна методическай хааччыйыы отделын сүрүн специалиһа.
Попова Елена Егоровна, Чурапы улууһун саха тылын, литэрэтиирэтин уонна төрүт култуура учууталларын методическэй холбоһугун салайааччыта, Төлөй орто оскуолатын саха тылын уонна литэрэтиирэтин учуутала.
Кузьмина Акулина Николаевна, Д.П.Коркин аатынан Өрөспүүбүлүкэтээҕи Чурапчы республиканскай орто спортивнай олимпийскай эрэллэри бэлэмниир интернат-оскуола саха тылын уонна литэрэтиирэтин учуутала.
Кыттыыны ыллылар:Шишигина Василиса Романовна, Ядрихинская Февронья Васильевна, С.Н. Донской- II аатынан үөрэҕи сайыннарар уонна идэ таһымын үрдэтэр үнүстүүт нуучча уонна саха тылын кафедратын үлэһиттэрэ, Ксенофонтова Клара Борисовна, Дьокуускай куорат 12№ орто оскуолатын саха тылын уонна литэрэтиирэтин учуутала, Бекянов Иннокентий Иннокентьевич, IT киин салайааччыта, Платонова Сардаана Дмитриевна, С.А.Новгородов аатынан Чурапчы орто оскуолатын саха тылын уонна литэрэтиирэтин учуутала.
Этиилэр түмүктэринэн манныкка болҕомто уурулунна:
1.Саха тылын уонна литэрэтиирэтин учууталын аатын үрдэтэр туһугар, "Саха тылын учууталын" өрөспүүбүлүкэтээҕи" күрэҕин биир бастакынан ыытарга Чурапчы улууһа бэлэмин биллэрдэ.
2.Татарстан,Башкортостан өрөспүүбүлүкэлэрин уопутун үөрэтэн,төрөөбүт тылын (саха тылын) толору баһылаабыт оскуоланы бүтэрээччи оҕоҕо үөрэххэ киирэригэр эбии баал биэрэр сертификатын туруорсуу.
3.М.К. Аммосов аатынан ХИФУ РФ Хотугулуу -Илиҥҥи норуоттарын тылларын уонна култуураларын үнүстүүтүн кытта түмсэн, сайыҥҥы кэмҥэ оҕо төрөөбүт тылынан эрчиллэр бырагырааматын бэлэмнээн сурунаалга бэчээттэтии.
Бү кэннэ, түһүлгэ эппиэттээхтэрин кытары төгүрүк остуол тэрилиннэ. Манна түһүлгэлэринэн үлэлэр түмүктэрин мунньан биир уопсай түмүк ылылынна, сыллааҕы үлэ былааныгар киллэрилиннэ.
Саха омук сайыннын, сахалыы саҥа сатараатын!!!
https://www.churap.ru/index.php?option=com_k2&view=item&layout=item&id=638&Itemid=485#sigProId1e3dd6e3d2