Вторник, 07 февраля 2023 23:08

Февральское совещание работников образования Чурапчинского улуса 2023 г.

Автор

Видеопоздравление министра образования и науки РС(Я) Любимовой Ирины Павловны

Доклад начальника МКУ "Управление образования Чурапчинского улуса (района)" Посельского Юрия Павловича

Олунньу 8 күнүгэр Чурапчы улууһун үөрэҕин эйгэтин үлэһиттэрэ 2023 сыл  Арассыыйа үрдүнэн «Педагог уонна настаабынньык», Саха сиригэр "Үлэ", Чурапчы улууһугар "Ытыктабыл" сылынан биллэриллибитин бэлиэтиир, уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай учууталын Дмитрий Павлович Чечебутовы чиэстиир дьоро тэрээһиҥҥэ муһуннулар.

WhatsApp Image 2023 02 08 at 17.58.16 1

Тэрээһин учуутал, уһуйааччы, оскуола киэҥ өйдөбүллэрин быһаарар, көрдөрөр дьүһүйүүттэн саҕаланна. Мунньах кыттааччыларын Саха Республикатын үөрэххэ уонна наукаҕа миниистирэ Ирина Павловна Любимова видеонан эҕэрдэлээтэ. Чурапчы улууһун  үөрэҕин салалтатын салайааччытын Юрий Павлович Посельскай дакылаата видеопрезентациянан көһүннэ. 

WhatsApp Image 2023 02 08 at 17.58.21

Үөрүүлээх чааска Чурапчы улууһун баһылыга Степан Саргылаев, улуус дьокутааттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Афанасий Захаров, СӨ Ил Түмэнин дьокутааттара Михаил Гуляев, Павел Пинигин, Семен Никитин, СӨ үөрэҕин уонна наукатын министиэристибэтин өрөспүүбүлүкэтээҕи психологическай-медицинскэй уонна социальнай арыаллааһын киинин дириэктэрэ Константин Чичигинаров, кыттыыны ыллылар, мустубут дьоҥҥо бу сылга ыытыллар үлэни, дьаһаллары сырдаттылар, эҕэрдэ тылларын эттилэр. Кирилл Кириллович Пермяков аатынан албан аат педагогическай түмэл үлэһитэ, ветераннар сэбиэттэрин салайааччыта, ССРС үөрэҕириитин туйгуна, учууталлар учууталлара Екатерина Иннокентьевна Егорова аҕа көлүөнэ педагогтар аатарыттан эдэрдэргэ туһаайан алгыс тылын анаата.

WhatsApp Image 2023 02 08 at 17.58.28 1

Үөрүлээх быһыыга-майгыга Чурапчы улууһун үөрэхтээһинин сайдыытыгар, оҕону-ыччаты патриотическай тыыҥҥа иитиигэ, дойдутун историятын билэр, ытыктыыр буолуутугар   сүҥкэн кылааты киллэрбит Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай учууталын,  педагогическай үлэ бэтэрээнин, РСФСР үтүөлээх учууталын, норуот үөрэҕириитин туйгунун, Чурапчы улууһун уонна Хатылы нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕун Дмитрий Павлович Чечебутовы чиэстээһин ыытылынна. Дмитрий Павлович педагогическай үлэтэ, олорон кэлбит олоҕун суола эдэр көлүөнэ салайааччыларга, педагогтарга өрүү үтүө холобур буолар.

WhatsApp Image 2023 02 08 at 17.58.38

Салгыы үөрэх эйгэтигэр бастыҥ үлэһиттэргэ наҕыраадалары туттардылар.   Ааспыт 2022 сыл түмүгүнэн бастыҥ үлэлээх оскуолалары ааттаатылар :

1 миэстэ Д.Д. Красильников аатынан Мугудай орто оскуолата

2 миэстэ И.Е. Федосеев-Доосо аатынан Дирин орто оскуолата

3 миэстэ Одьулуун орто оскуолата

Уһуйааннар икки ардыларыгар:

1 миэстэ "Туллукчаан" детсад, Чурапчы

2 миэстэ "Чуораанчык" детсад,  Чурапчы

3 миэстэ "Березка" детсад, Чурапчы

WhatsApp Image 2023 02 08 at 17.58.43

            Тэрээһин биир солун хайысхатынан «Боотур уус сыдьааннара» -бырагырааманы билиһиннэри буолла. Бырагыраама аныгылыы сайдыылаах үйэҕэ сөп түбэһэр билиилээх-көрүүлээх төрөөбүт дойдутун үгэстэрин, историятын билэр, ытыктыыр, Чурапчы улууһун оҕотун иитэн таһарыы. Сүрүн өйдөбүллэрин “Үөрүү” оҕо сайдар киинин иитиллээччилэрэ дьүһүйүүнэн арыйан көрдөрдүлэр.

WhatsApp Image 2023 02 08 at 14.16.52

            Түмүктүүр чааска аҕа көлүөнэ педагогтарын сценаҕа аат ааттаан ыҥыран таһааран махтал истиҥ тылларын анаатылар. Нэһилиэк баһылыктарын түмсүүтүн салайааччыта, Чурапчы нэһилиэгин баһылыга Владимир Дмитриевич Сивцев эҕэрдэ тыл эттэ, нэһилиэк баһылыктара сибэкки дьөрбөтүн туттардылар.     “Педагог уонна настаабынньык” сылын үөрүүлээхтик арыйар чиэс улуус баһылыгар Степан Анатольевич Саргыдаевка, үөрэх управлениетын начальнигар Юрий Павлович Посельскайга, педагогическай үлэ ветераныгар, РСФСР үөрэҕириитин туйгунугар, учууталлар учууталларыгар Екатерина Николаевна Ермолаева5а, улуустаа5ы эдэр учууталлар курэхтэрин мунутуур кыайыылааҕар Антон Сидорович Фоминҥа сүктэрилиннэ.  

Прочитано 1007 раз Последнее изменение Четверг, 09 февраля 2023 18:07
Решаем вместе
Есть предложения по организации учебного процесса или знаете, как сделать школу лучше?